Ньурба улууһун эдэр баһылыктара. Олохтоох бэйэни салайыныы күнүнэн!

Бүгүҥҥү Россияҕа бэлиэтэнэр олохтоох бэйэни салайыныы күнүгэр анаан эдэр баһылыктар тустарынан биэриини көрөргүтүгэр ыҥырабыт. Ньурба улууһугар барыта 19 муниципальнай тэриллии баарыттан, түөрт нэһилиэккэ 35-кэ диэри саастаах баһылыктар үлэлии сылдьаллар.
Ол курдук: Дьиикимдэҕэ 32 сааһыгар баһылык буолбут Прокопий Николаевич Осипов, Мэҥэдьэк эдэр баһылыга Леонид Александрович Николаев, 25-ттэн Таркаайыга баһылыктыыр Владислав Анатольевич Васильев, 31-дээх сылдьан Түмүк нэһилиэгэр баһылык буолбут Дмитрий Николаевич Егоров.
Маны таһынан кинилэр тустарынан "Ньурба / Огни Нюрбы" улуус хаһыатыгар эмиэ ааҕыаххытын, чугастык билиэххитин сөп.

Пікірлер: 4

  • @Uraanxai_CAXA
    @Uraanxai_CAXA19 күн бұрын

    маладьыастар сайдыыны кэскили эдэр ыччатка холобур буолун 👏✊✊✊

  • @user-wy4ug6ti3i
    @user-wy4ug6ti3i20 күн бұрын

    Хайдах кэлиилэр баьылыктаан олороллоруй

  • @user-wy4ug6ti3i
    @user-wy4ug6ti3i20 күн бұрын

    Дьикти эбит

  • @user-cq7pp5ri2n
    @user-cq7pp5ri2n20 күн бұрын

    Специалист баарыгар баьыыба Олохтоохтор кэлэн дойдугутун сайыннара улэлии кэлин